"Кырачаан коллекционер"
24.11.2020
Саха Республикатыгар Оскуола иннинээ5и уерэхтээьин 100 сылыгар анаан уьуйааммыт иьигэр араас дьаьаллар ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ "Кырачаан коллекционер" выставка буолар. Коллекционердар бэйэлэрин саастарыгар септеех араас оонньуурдары, маллары интэриэьиргээн мунньаллар эбит. Ол курдук Айсаана Павлова бытархай харчыны мунньара, кинигэни олус себулуурэ кеьуннэ, онтон Эдик Кривошапкин динозаврдары мунньан са5алаабыт. Ангелена Владимирова со5отох бэйэтигэр 12 араас ойуулаах, размердаах суумкалаах эбит. Керееччулэри ордук сакалаат суутун хото мунньубут Амелия Романова сехтерде. Кини ессе бу муспутун нуучча о5отуттан итэ5эьэ суох ыраастык нууччалыы кэпсиирэ сэнээриини ылла.
Просмотров всего: , сегодня: